ЧЗО – ЧИСТАЯ ЗЕМЛЯ ОЛОНХО
Ыам ыйын 27 кунугэр «Зема» Ереспуубулукэтээ5и эдэр ыччат тумсуутэ сылын аайы ыытыллар «Чистая земля Олонхо» экоакцияларын ыытта.
Быйылгы тэрээhиннэ Уус-Алдантан теруттээх Ущницкий Евдоким аатын инэрдилэр. Евдоким 2022 сыл бэс ыйын 25 кунугэр анал байыаннай дьайыыга сэриилэhэ баран, 4 ый тохтоло суох сэрии толоонугар хорсуннук киирсэн, алтынньы ый 3 кунугэр сэрии уотугар геройдуу дойдутун буорун булбута. Бу сылтан са5алаан «Чистая земля Олонхо» тэрээhин кини сырдык аатыгар ананыа.
Быйыл 300 – тэн тахса активист кэлэн кыттыыны ылла. Ону тэнэ бу кун биир улахан уеруутунэн – Ил Дархаммыт – Айсен Николаев кэлэн барыыта буолар. Айсен Сергеевич о5олору кытта тэбис тэннэ субботниктаан, субэ-ама биэрэн барда.
Маннык улахан, ереспуубулукэбитигэр туhалаах тэрээhиннэр сылын аайы ыытылла , элбии, сайда турдуннар! «Зема» эдэр ыччатын тумсуутугэр урдук таhымныт иhин бар5а махтал буолуохтун.