Арассыыйа дьоруойа ХИФУ устудьуоннарын кытта көрүстэ
Александр Колесов, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ хорсун быһыытын, санаатын иһин «Арассыыйа дьоруойа» үрдүк анал аат хаһаайына, ХИФУ естественнэй наука институтун 1-3 кууруһун устудьуоннарын кытары көрүстэ, кэпсэттэ.
Бу көрсүһүүгэ дьоруой Александр Гаврильевич байыаннай сорудаҕы хайдах толорбутун, ол түмүгэр 50 байыаннайы быыһаабытын уонна хайдах хорсун санаалаах буолуохха наадатын туһунан кэпсээтэ. Устудьуоннар дьоруой кэпсээнин болҕомтолоохтук иһиттилэр, интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыттылар.
ХИФУ 3 кууруһун устудьуона Дима Луковцев санаатынан үллэстэр:
«Бу көрсүһүү үрдүк таһымнаахтык, олус сэргэхтик уонна интэриэһинэйдик ааста. Хас биирдии мин курдук устудьуон бары чуумпутук олорон Александр Гаврильевич кэпсээнин иһиттибит. Кини уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар буойуттар олус күүстээх санаалаах уонна хорсун майгылаах дьон эбиттэр. Маннык дьон эдэр көлүөнэҕэ үчүгэй холобур буолаллар!»
Көрсүһүү түмүгэр дьоруой оҕолорго истиҥ баҕа санаатын эттэ, үөрэхтэригэр ситиһиилэри баҕарда!